Слово Святейшего Патриарха Кирилла в день явления Казанской иконы Божией Матери на якутском языке

Текст публикуется по просьбам посетителей сайта Якутской епархии.

Патриарх Кирилл саха норуотугар алгыһа

Таҥара Ийэтин Казанскай иконатын бырааһынньыгар

Москубататааҕы Кириэмил Успенскай собуоругар буолбут Литургия кэнниттэн

Патриарх тыл этиитэ

2017 сыл сэтинньи 4 күнүгэр Таҥара Ийэтин Казанскай иконатын бырааһынньыгар (1612 с. Москубаны уонна Арассыыйаны поляктартан өрүһүйүү чиэһигэр) Москуба уонна бүтүн Русь Сибэтиэйтэн сибэтиэй Патриарха Кирилл Москуба Кириэмилин Патриаршай Успенскай собуоругар Айыы Таҥара Литургиятын ыытта. Таҥара сулууспата бүппүтүн кэннэ, Русь Сиэркэбин салайааччы итэҕэйээччилэр иннилэригэр тыл эттэ.

Таҥара Сибэтиилээхтэн Сибэтиилээх үрдүкү үлэһиттэрэ! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил дархана ытыктабыллаах Егор Афанасьевич Борисов! Күндү аҕаларбыт, балтыларбыт уонна бырааттарбыт!

Бүгүн биһиги ураты күнү уонна, ити хайыы-үйэ истибиккит курдук, бу күнү кытта ыкса ситимнээх ураты сабыытыйаны бэлиэтиибит. Мин биири эбии тоһоҕолоон этиэхпин баҕарабын: бүгүҥҥү бырааһынньык Русь сирин гражданскай дьалхаанын туһанан Москубаҕа, Кириэмилгэ өтөн киирбит, киин куораты ылбыт уонна дойдуну бүттүүнүн баһылыахпыт диэн эрэммит поляк халабырдьыттарын кыайыы чиэһигэр ааттаммыта. Ол эрээри, Москуба Патриарха Гермоген сибэтиитэл уонна  Мининнээх Пожарскай хорсун быһыыларынан, дьалхааннаах быһыы-майгы содулун  өйдөөбүт норуот хорсун быһыытынан өстөөх киэр үүрүллүбүтэ – бастаан Кытай-куораттан (ити 1612 с. сэтинньи 1 күнүгэр), онтон Кириэмилтэн кыйдаммыта, дьэ ол кэнниттэн сэтинньи 3 күнүгэр поляк   гарнизона бэриммитэ.

Бу бырааһынньык Алексей Михайлович ыраахтааҕы саҕана, биһиги дойдубут салгыы сайдар тосхолун быһаарбыт кыайыы чиэһигэр, Таҥара Ийэтин Казанскай иконатын аатыгар олохтоммута. Онон чуолаан Таҥара Ийэтин бу мөссүөнэ, Иван Васильевич ыраахтааҕылаан олордоҕуна Казаҥҥа көстүбүт иконата, ол кыайыы символа буолбута. Казанскай иконаны Мининнээх Пожарскай сэриилэрэ илдьэ сылдьыбыттара, кинилэр, астан аккаастанан туран, үс күнү быһа Боҕуруодьусса мөссүөнүн иннигэр үҥпүттэрэ. Быһаарыылаах киирсиигэ духуобунай өттүнэн ити курдук толору бэлэмнэммит дьон маҥнай Москубаны, онтон бүтүн Арассыыйаны өстөөхтөн босхолообуттара. Бу  кыайыыны норуот, киин куорат Москва Таҥара Ийэтин Казанскай иконатын көмөтүнэн  босхоломмут буолан, ситиспитэ.       

Сотору Михаил Федорович Романов сокуоннай ыраахтааҕынан талыллыбыта, онон аймалҕан тохтообута. Сокуоннай былаас, судаарыстыба сиэрдээх бэлиитикэтэ – бу барыта Русь уопсастыбата түмсэригэр көмөлөспүтэ. Баҕар, араас араҥалар интэриэстэрэ сороҕор сөп түбэһиспэтэҕэ да буолуо эрээри, норуот судаарыстыбаны, Арассыыйаны харыстыыр, ханнык да дьалхааны, араарсыыны, атын омук саба түһүүтүн таһаартарбат сыалы-соругу туруоруммута. Онон уопсастыба сомоҕолоһуута норуот сүдү күүһүн уһугуннаран, Русь судаарыстыбата бары өттүнэн тэтимнээхтик сайдыбытынан барбыта.

Биһиги чуолаан бүгүн бу историческай суолталаах, бары ахтыллыбыт түгэннэри туоһулуур Успенскай собуорга Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 385 сыла туолбутун бэлиэтиирбит ураты суолталаах. Саха сирэ Арассыыйаҕа оччотооҕу аймалҕан тохтообутун түмүгэр киирбитэ,  оттон Арҕаа Сибиир өссө Иван Васильевич ыраахтааҕы саҕана Арассыыйа сорҕото буолбута. Нууччалар Енисейгэ тиийбиттэрэ, бу сиргэ судаарыстыбаннас сайдыбытынан барбыта, Арассыыйа Сибиир күүһүнэн өссө ордук кыаҕырбыта. Ол эрээри ити кэнниттэн аймалҕаннаах кэм бүрүүкээн, ханнык да инники диэки хамсааһын барар кыаҕа суох буолбута. Русь сирин бүттүүнүн бас билэргэ дьулуспут өстөөх Москубаҕа киирэн олорор кэмигэр, Сибиир сирин-уотун туһаҕа таһаарар үлэ-хамнас хантан кыаллыа этэй? Ол эрээри, Арассыыйа босхолонон, бүрүстүөлгэ сокуоннай ыраахтааҕы олорон уопсастыба бүттүүнэ сокуоннай былаас тула түмсүбүт кэмигэр илиҥҥи сирдэри туһаҕа таһаарыы хат салҕанан барбыта. 1632 сыллаахха Өлүөнэ өрүс кытылыгар Өлүөнэтээҕи остуруок – бүгүн Дьокуускай диэн ааттыыр куораппыт — олохтоммута. Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киириитин биһиги бу кэмтэн саҕалаан ааҕабыт.

Бүгүн Саха сирэ – Арассыыйа Федерациятын киэҥ сиринэн тайаан сытар, үтүмэн баайдаах, сайдыылаах субъега. Мин Саха сиригэр хаста да сылдьан турабын, онно хас   тиийдэҕим ахсын туох эрэ саҥаттан-саҥаны бэлиэтии көрөбүн. Саха сиригэр олох бары өттүнэн үүнэ-сайда турар, онон мин үлэни таптыыр, или-эйэни өрө тутар, ыраас дууһалаах саха норуотун биһирии саныыбын. Онно энтэлигиэннэри да, боростуой дьону да кытары бодоруһан-кэпсэтэн, кинилэр ис-истэриттэн үтүө санаалаахтарын, мааны майгылаахтарын сүрэхпинэн сэрэйбитим. Итинник үтүө быһыы, суобас сокуонун тутуһар олох аныгы технократия цивилизациятын бурулҕаныгар оҕустарбыт дьон олоҕуттан хайдах курдук чыҥха атыный! Онон мин Саха сирин билиҥҥи тэтимнээх сайдыыта саха норуотун айылҕаттан ыраас дууһатын хаарыйыа суоҕа диэн ис сүрэхпиттэн эрэнэ саныыбын. Бүгүн маннык үтүөкэннээх холобурга бэрт үгүстэр наадыйаллар эбээт. Онон мин саха норуотун духуобунай олоҕо бөҕөргүүрүн, экономика сайдыыта Айыы Тойон айбыт айылҕатын да, дьонун-сэргэтин дууһатын да айгыраппатын туһугар биир санаанан үлэлии-хамсыы сылдьар Саха сирин баһылыгар Егор Афанасьевич Борисовка, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, быладыыка Ромаҥҥа уонна Саха сиринээҕи Православнай Сиэркэп үлэһиттэригэр дириҥник махтанабын.

Киһи уонна кини ис духуобунай эйгэтин туһугар кыһамньы бу наука, тиэхиньикэ уонна ресурсалары баһылааһын балысханнык сайдар кэмигэр тыын суолталаммыт сорук буолар. Сир баайын хостооһунунан эрэ муҥурданар кыра, саамай сүрүнэ – ол баай-дуол киһи ис духуобунай эйгэтин алдьаппата ситиһиллиэхтээх. Айыы Тойон Бэйэтэ этэн турар: “Баай киһи Таҥара Саарыстыбатыгар киирэрэ ыарахан”, – диэн. (Мф. 19:23). Тоҕо оннугуй? Тоҕо диэтэххэ, баай-дуол киһиэхэ кини бары кыыбаҕатын толорор кыаҕы биэрэр. Ол түмүгэр, киһи олоххо суолун-ииһин сүтэрэр, бэйэтин да, чугас дьонун да өлөр өлүүгэ анньар. Баай-дуол киһиэхэ улаханнык туһалыыр да, кинини сор-муҥ үөһүгэр анньар да күүстээҕин биһиги билэбит. Дьэ ол иһин, духуобунай олох экономика уонна тиэхиньикэ сайдыыларыттан хайдах да хаалсыа суохтаах. Кинилэр икки ардыларыгар араастаһыы төһөнөн улаатар да, соччонон киһи өссө ордук эрэйдэнэр. Чопчулаан эттэххэ, Сиэркэп бар дьону үөрэтэр тылыгар чуолаан туохтан сэрэтэрий? Кини киһи аньыылаах-буруйдаах олох соругар хам ылларан, ол сорун-муҥун ытылҕаныгар түбэстэҕинэ  олоҕун суолун сүтэриэн, бар дьон олоҕун акылаата буолар киһилии сиэрин-майгытын умнуон сөп диэн этэр. 

Ити барыта дьон-сэргэ духуобунай олоҕун туһугар эппиэтинэһи сүгэр Сиэркэп иннигэр олус улахан соруктары туруорар. Биһиги дойдубутугар өрөбөлүүссүйэ буолбута 100 сылынан  сибээстээн, тоҕо итинник быһыы-майгы тахсыбытын туһунан тэлэбиисэринэн биэриилэргэ даҕаны, бэчээккэ даҕаны бэрт үгүс ырытыылар оҥоһуллаллар. Маныаха хардалар үксүгэр идеологическай майгылаахтар. Ол эрээри бэлиитикэттэн туораан олоҕу хайдах баарынан көрдөххө, биһиги биир үйэ анараа өттүгэр дойдуну  иэдээннээх суолга тиэрдибит национальнай ыарыыларбыт 2017 сыл үүнүө биир, биэс эбэтэр уон сыл иннигэр эрэ буолбакка, кырата икки сүүс сыл иннинэ – элиитэ диэн ааттанар үөрэхтээх уопсастыбабыт олоҕун духуобунай тирэҕэ үрэллиититтэн саҕаламмыта. Дьон ис көҥүллэрин сүтэрэн, өйдөрүн-санааларын, дууһаларын-сүрэхтэрин тас сабыдыалга сүүйтэрэн, ону барытын ыараҥнатан көрбөккө эрэ ылыныылара, итэҕэллэрин, олоҕу анаарар кыахтарын чэпчэкитик уларыттарыылара кинилэри итэҕэли сүтэриигэ, духуобунай уонна интеллектуальнай олохторугар хараҥаҕа мунууга тиэрдибитэ. 

Үгүстэр «Оттон Сиэркэп тугу гыммытай, тоҕо ону тохтоппотоҕой?» диэн  сиэрдээхтик ыйыталлар. Онуоха Сиэркэп хардата маннык: төһө да Сиэркэп ол саҕана, омос көрдөххө, этэҥҥэ курдугун иннигэр, кини илиитин-атаҕын судаарыстыба хам кэлгийбитэ. Биллэн турар, судаарыстыба да, ыраахтааҕы да православнай этилэр эрээри, Сиэркэп, былаастан тутулуктанан, сүрүн аналын – дьоҥҥо кинилэр духуобунай туруктарын туһунан Таҥара кырдьыгын тиэрдэр, уопсастыбаҕа буолар политическай дьайыылары духуобунай өттүттэн сыаналыыр кыаҕын сүтэрбитэ. Сиэркэп дьоҥҥо итинник илдьит тылы тиэрдэрэ бобуулаах этэ, тоҕо диэтэххэ, Сиэркэп баһылыга буолан кини аатыттан ыраахтааҕы саҥарара. Сиэркэп бороруоктуу саҥарар кыаҕын сүтэрэн, үөрэхтээх дьон улам-улам кини куолаһын истибэт буолан барбыттара, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи сылларга Таҥара тылын тиэрдээччилэр норуокка туһаайар уоттаах-төлөннөөх тыллара храм тас өттүгэр аны кыайан иһиллибэт буолбуттара. 

Билигин биһиги сүүс сыллааҕыта буолан ааспыт быһыыны-майгыны өйдөөн-санаан тураммыт, дойдубут инникитин туһунан толкуйдуубут. Сиэркэп бэйэтин норуотугар кырдьыгы этэригэр, дьоҥҥо бороруоктуу күүстээх тылы тиэрдэригэр  баҕарбат кэккэ күүстэр уопсастыбаҕа бүгүн эмиэ бааллар. Кинилэр биһиэхэ «бэйэҕит храмҥытыгар хам хатанан баран эһиги тугу да гыныҥ,  оттон дьоҥҥо тыл этэр быраапкыт суох» дииллэр. Төһө да бүгүн Сиэркэп үөрэтэр хас биирдии үтүө тылын, аныгы дьон өйүгэр-санаатыгар иҥмэтин диэн, холуннара, суолтатын токурута-баһааҕырда сатыылларын билбиппит иһин, биһиги кинилэри кытта мөккүһэр санаабыт суох. Ол гынан баран, биһиги бар дьоҥҥо этиэхпитин баҕарабыт: Сиэркэби норуоттан  тэйитэр кыаллыбат, тоҕо диэтэххэ, Сиэркэп диэн – норуот. Бүгүн ханнык да албаһынан биһиги айахпытын саба тутар кыаллыа суоҕа! Онон биһиги, Айыы Таҥара кырдьыгын иһитиннэрии олус сэрэхтээх сулууспа буоларын толору өйдөөн тураммыт, инникитин да ол кырдьыгы иһитиннэрэ туруохпут.

Дьэ ол иһин мин Таҥара үлэһиттэрин бука барыларын муударай өйдөөх, эр санаалаах, Христос үөрэҕин тылынан да, дьыаланан да тарҕатарга бэлэм буоларга ыҥырабын. Дьон өйүгэр-сүрэҕэр билигин да тоҥсуйан тиийбэтэхпитинэ, ол түмүгэ эмиэ иэдээн эҥээрдэниэн  сөп. Биһиги Арассыыйаҕа XVII-c үйэ саҕаланыытыгар дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт дьалхаан, өрөбөлүүссүйэ, иирсээн хатыланыытын таһаарар бырааппыт суох.                                

Саха сиригэр эргиллэн кэллэххэ, мин онно Таҥараҕа сулууспалыыр үлэһиттэрбитигэр этиэхпин баҕарабын: эһигини үтүөкэннээх норуот тулалыырын эһиги өйдөөҥ, бу кэрэ бэйэлээх буолагы духуобунай өттүнэн чэлгитэ үүннэрэр туһугар, кинилэри, Православиены аҕалбыттарын сэргэ алпаабыты оҥорбут, саха литературнай тылын олохтообут бастакы православнай аҕабыыттар курдук, таптааҥ, кинилэр олохтоох култуураларыгар, үгэстэригэр болҕомтолоохтук сыһыаннаһыҥ. Биирдэ мин Саха сиригэр национальнай музейга сылдьан, саха үөрэхтээхтэрэ нуучча православнай аҕабыыттарын туһунан олус истиҥник-иһирэхтик кэпсииллэрин сөҕө-махтайа истибитим. Бүгүн эмиэ оннук култуурунай сыһыаны Сиэркэп Арассыыйаҕа уонна биһиги каноническай сирбитигэр-уоппутугар барытыгар олохтуох тустаах.

Бу Аҕа дойдубут тас өстөөхтөртөн дьиктитик быыһаммытын ахтан-санаан Сибэтиэй Боҕуруодьусса аатын айхаллыыр күммүтүгэр Таҥараҕа махтанан тураммыт, Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 385 сылын бэлиэтиирбитигэр дойдубут туһугар өссө төгүл үҥүөҕүҥ, Таҥараҕа уонна Кини Русь Православнай Сиэркэбэ сирдииригэр туттарбыт норуотугар сулууспалыырбытыгар Айыы Тойон биһигини Бэйэтэ бэлэмнээбит историческай суолунан ыраас суобастаах баран иһэрбитигэр көмөлөһөрүгэр көрдөһүөҕүҥ.

Айыы Тойон Арассыыйаны араҥаччылыахтын, Айыы Тойон саха норуотун араҥаччылыахтын, Айыы Тойон Русь Сиэркэбин  араҥаччылыахтын! Аминь.

 

Москуба уонна бүтүн Русь Патриархын пресс-сулууспата

Posted in Главное, Общеепархиальные события and tagged .