Рождественское послание Святейшего Патриарха Кирилла на якутском языке

Москуба уонна бүтүн Русь Сибэтиэйтэн сибэтиэй Патриарха Кирилл

Таҥара үрдүкү үлэһиттэригэр, аҕабыыттарга, дьааханнарга,

манаахтарга уонна Русь Православнай Сиэркэбин итэҕэллээх оҕолоругар

 бука барыларыгар Ороһуоспанан эҕэрдэ суруга

Айыы Тойон иннигэр тапталлаах үрдүкү аҕабыыттар, ытыктабыллаах пресвитердэр, дьааханнар, Таҥараны таптыыр манаахтар, күндү бырааттарбыт-балыстарбыт!

Эһигини бука барыгытын Айыы Тойоммут Иисус Христос быыһабыллаах улуу Ороһуоспатын бырааһынньыгынан истиҥник эҕэрдэлиибин.

Билигин биһиги эмиэ, икки тыһыынча сыллааҕыта Вифлеем маныыһыттара үөрбүттэрин курдук, ис сүрэхпититтэн манньыйа үөрэн туран, аанньаллар өрөгөйдөөх айхалларын истэбит: «Үрдүк Халлааҥҥа – Таҥараҕа айхал, сиргэ – эйэ-ил, дьоҥҥо – Таҥара үтүө сыһыана!»  (Лк. 2:14). Бу сөҕүмэр кэрэ тыллары истэн, биһиги сүрэхтиин уоскуйан, Айыы Таҥараҕа дириҥник махтана саныыбыт. Сири-халлааны тутан олорор Айыы Тойон, сүдү күүстээх Таҥара, бараммат олох Төрдө (Ис. 9:6) биһиэхэ Бэйэтинэн кэлэн, бу орто дойдуга боростуой киһи буолан төрөөбүтэ. Онон псаломнары айан ыллаабыт ыраахтааҕы Сибэтиэй Тыынынан өтө көрөн эппитэ туолбута: аһыныгас санаа дьиҥи кытта көрсүһүөҕэ, кырдьык эйэни кытта уураһыаҕа; дьиҥ бу сиртэн сыдьаайан тахсыаҕа, кырдьык халлаантан кэлиэҕэ (Пс. 84:11-12). Ити этиллибит барыта туолла: Кинини итэҕэйбит ханнык баҕарар киһи өлбөтүн, бараммат олохтонорун туһугар (Ин. 3:16), Оҕо биһиэхэ төрөөтө – Уол биһиэхэ бэрилиннэ (Ис. 9:6).

Киһи аймах, Айааччытын кытта урукку чугас ситимин суохтаан, бу сиргэ олорорун тухары өрүү Таҥараны көрдүүрэ. Айыы Тойон, дьон үрдүккэ дьулуһалларын, сүрэхтэрэ мэҥэ халлааҥҥа тардыһан Таҥараҕа үҥэллэрин көрөн, киһи аймахха дириҥ тапталын биллэрбитэ, быыһыыр илиитин кинилэргэ утары ууммута. Хас да тыһыынча сыл ааспытын кэннэ, Таҥара уонна киһи Иисус Христоска көрсүбүттэригэр халлааннааҕы сирдээҕилиин холбоспута, Адам уолаттарын-кыргыттарын духуобунай ыра санаалара туолбута.

Биһиэхэ Христос Ороһуоспата биир өттүнэн Кистэлэҥ, оттон атын өттүнэн Таҥара Бэйэтинэн Арыллыыта буолар. Тоҕо диэтэххэ, сир-халлаан олоҕун салайар Айыы Таҥара, айылҕатынан Муҥура суох Таҥара бу аньыы-хара алларыппыт дойдутугар үөһэттэн түспүтүн, кыракый Оҕо буолан, маныыһыттар сүөһүлэрин кытта тыалтан-куустан, ардахтан хорҕойор таас хаспахтарыгар төрөөбүтүн киһи ситэри өйдүүр кыаҕа суох. Мэҥэ халлаан күүстэрэ уонна илинтэн кэлбит муударай өйдөөхтөр биллэрбит, боростуой маныыһыттар туоһулаабыт уруй-айхал тыллара сир бары муннугар кэрэтик эҥсиллэн иһиллэр. Бу барыта Таҥара муҥурун булларбат Дириҥ Муудараһын быыһын сэгэтэн, биһигини Ытык Үс Таҥара дьону быыһыыр кистэлэҥ соругар кытыарар.

Билигин биһиги билэбит: Таҥара бу аан дойдуну ол курдук таптаан, аан дойду Кининэн быыһанарын туһугар, Төрөппүт Соҕотох Уолун биэрбитэ (Ин. 3:16-17). Онон итэҕэлбитинэн буруйбутуттан быыһанаммыт, билигин биһиги Айыы Тойоммут Иисус Христос өҥөтүнэн Таҥараны кытта эйэлээхпит. Кини биһигини бу билиҥҥи алгыстаах олохпутугар итэҕэл суолунан тиэрдэн, биһиги Таҥара килбиэннээх сырдыгар тиксэр эрэллэммиппитинэн киэн туттабыт. … тоҕо диэтэххэ биһиэхэ бэриллибит Сибэтиэй Тыынынан биһиги сүрэхпитигэр Таҥара таптала кутуллар… (Рим. 5:1-2; 5).

Онон ис сүрэхпититтэн иэйэн тураммыт, күкүргэ чуумпутук, сэмэйдик төрөөн сытар Оҕо иннигэр нөрүөн нөргүйүөҕүҥ, Таҥараны ытыктаан, Киниттэн толлон туран сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйүөҕүҥ. Бу мантан саҕаланар эбээт Айыы Тойон Иисус сирдээҕи кириэстээх суола, бу мантан саҕаланар биһиги быыһанар айаммыт. Киһи тылынан кыайан эппэт, өйүнэн ситэри өйдөөбөт дьикти эйэтин дууһабытыгар сатыылатан, Өлбөт үйэлээх Аҕа саҥа төрөөбүт Уолугар сүгүрүйэн толору дуоһуйуоҕуҥ.

«Үрдүк Халлааҥҥа – Таҥараҕа айхал, сиргэ – эйэ-ил, дьоҥҥо – Таҥара үтүө сыһыана!» – диэн, биһиги эмиэ аанньаллар хуордарын кытта бииргэ ыллаһабыт. Быыһааччы төрөөбүтүгэр бар дьоҥҥо көстүбүт Таҥара таптала киһиэхэ дьиҥнээх эйэни аҕалар. Бу эйэни ханнык да ыарахаттар, олох-дьаһах дьалхаана, бэлиитикэ бурай-сарай туруга, бэл сэрии кытта тулхадытар кыахтара суох, тоҕо диэтэххэ Христос эйэтэ ханнык да сирдээҕи кыһалҕаны, моһолу барытын кыайар күүстээх (сибэтиитэл Игнатий (Брянчанинов). Аскетическай уопут).

Оттон киһи хайдах гынан дууһатыгар итинник эйэлээх туругу, уоскулаҥы ситиһиэн сөбүй? Хайдах гынан биһиги итинник улуу духуобунай бэлэххэ тиксэбит? Сибэтиэй аҕалар маныаха бары биир санаанан хардараллар: Христос киһи дууһатыгар бэлэхтиир эйэтэ киһи Евангелие кэс тылын тутуһарын сүрүн туоһута. Онон бастакы үрдүкү апостоллартан биирдэстэрэ Павел үөрэтэринэн, биһиги туохтааҕар да бары үтүөкэн өрүттэри барыларын ситимниир, ситэрэн-хоторон биэрэр тапталга дьулуһуохтаахпыт. Дьэ оччоҕо биһиги сүрэхпитигэр Таҥара биэрэр эйэтэ толору баһылыаҕа, биһиги дууһабытыгар оннук эйэлээх буоларга ыҥырыллыбыппыт эбээт (Кол. 3:14-15).

Айыы Тойон үтүөҕэ дьулуһааччылары Кини сокуонун тутуһар, ыраах да, чугас да дьонноругар бука барыларыгар быыһабыл илдьитин тиэрдэр, биһигини хараҥаттан килбиэннээх сырдыгар ыҥырбыт Таҥара үтүөкэн дьайыыларын иһитиннэрэр баҕалаах итэҕэйээччилэри көрдүүр (1 Пет. 2:9).

Онон биһиги бу үрдүк ыҥырыыга эппиэттиир олоҕунан олоруоҕуҥ. Христос хаспахха төрөөбүт  килбиэннээх Ороһуоспатын көрбүт дьон сиэринэн бу дойду сүпсүгүттэн тэйиэҕиҥ (Христос Ороһуоспатыгар анаммыт акафист кондага), өйбүтүнэн-санаабытынан мэҥэ халлааны анааран, баары барытын айбыт Айыы Таҥараны айхаллаан, Быыһааччы төрөөбүтүн туһунан үөрүүлээх илдьити санааларын түһэрэн, кыһалҕаҕа ылларан үтүө көмөҕө наадыйар  дьоммутун-сэргэбитин кытта үллэстиэҕиҥ.

Христианныы олохпут элбэх сыраны эрэйэр суолугар инникитин да итэҕэлбит бөҕөргөөн эрэ иһэрин, эрэлбит энчирээбэтин, тапталбыт уостубатын туһугар, санаабытын Айыы Тойон көтөхтүн. Оччоҕо биһиги Ороһуоспа сырдык бырааһынньыгар кыттаммыт,  итэҕэлбит сүдү кистэлэҥин бу аан дойдуга биллэриэхпит (1 Тим. 3:16), бар дьоммутугар уоскулаҥы, Христос алгыстаах эйэтин тиэрдиэхпит. Аминь.

+КИРИЛЛ, МОСКУБА УОННА БҮТҮН РУСЬ ПАТРИАРХА

Христос Ороһуоспата

2018/2019 сс.

Москуба

Posted in Тексты на якутском языке and tagged .